Lyrics

Сүүр-көт, туой-ыллаа туланы кытта Хайысханы сирдээ, бэлэхтээ, эрэллээ Көтүт дуу, көтүт дуу? Дууһабын арыйан былыт өҥүнэн Үөһээ унарыйан Арыйан киир дойдубун сырдатаҥҥын Аламай күн ойуулуур оһуорунан арыллаҥҥын Таарый, таарый Санаабын арый Олоҕум суолтатын Эн чочуйан ылыый Эйэ-дьол баар буоллун аттыбар Бу ырыам тыла, дорҕоонунан кутуллар Таарый, таарый Санаабын арый Санаабын таай Таай, таай, таай, таай Мин сүргэбин көтөҕүөм Олоҕум устун Мичээр арыалынан Тулабар дьолбун буллум Күн сардаҥата ытыспар туһэр Хайысхабын сирдээн, кини биэрэр Оҕо саас доҕотторо, мин тулабар Дууһам үөрэн үөрэр Үөрэн үөрэр Олорбут олоҕум миэхэ буолар Буолар үөрэх Таарый, таарый Санаабын арый Олоҕум суолтатын Эн чочуйан ылыый Эйэ-дьол баар буоллун аттыбар Бу ырыам тыла дорҕоонунан кутуллар Таарый, таарый Санаабын арый Олоҕум суолтатын Эн чочуйан ылыый Эйэ-дьол баар буоллун аттыбар Бу ырыам тыла дорҕоонунан кутуллар
Lyrics powered by www.musixmatch.com
instagramSharePathic_arrow_out